Конкурсы-фестивали

Международные, всероссийские

  1. Главная страница
  2. Республиканский творческий конкурс посвященный к декаде Олонхо в Республике Саха(Якутия) «Olonxo-ART»

наталья дмитриевна рожина

Номинация участия: Педагогический​​​​

Олонхо «Эрчимэн Бэргэн»
Сергей Васильев - Борогонскай
(оскуолага киириэн иннинээги саастаах оголорго септеех гына тиэкиьэ кылгатыллан оноьулунна)
Керделлер: Мурутээги Сардаана огону сайыннарар киин улахан уонна бэлэмнэнии белегун оголоро.
Уьуйаанна баар балаганна Олонхо кэрэ эйгэтэ сагаланнага буоллун…
Ортотугар ус атахтаах остуолга куукулалар сыталлар.
Саха Сирин айылгата, сайын, чыычаах ырыата, хомус тыаьа иьиллэр.
Оголор сахалыы танастаах, талах олоппосторун тутан ыллыы-ыллыы хамсана-хамсана киирэллэр.
1 олонхоьут Былыргы дьылларга ,
Урукку хонуктарга
Орто-туруу бараан дойдуга
Бухатыыр уоскуох
Буойун олохсуйуох
Устата-туората кестубэт
Улуу толооно ологурбута уьу
2 олонхоьут: Ол толоон
Куох тыа куруолээгэ эбитэ уьу.
Кегурээбэт кетердееге эбитэ уьу.
Ол улуу эбэ
Улай киинигэр
Ураьа дьиэлэнэн
Эриэн тойон огонньор диэн
Эбириэлдьин хотун эмээхсин диэн
Ыал буолан, ыыр уктээн
Буруо таьааран
Олорбуттара уьу.
Сахалыы танастаах дьону куукуланан кердереллер.

3 олонхоьут – Кэмниэ-кэнэгэс
Хомнуо хойут
Эриэн тойон огонньор,
Эбириэлдьин хотун эмээхсин
Кемус долгун кегуллээх,
Олус учугэй уол огону тереебут.
Уоруу-кетуу, кымыс иьии сахалыы бырааьынньык, оьуохай
иьиллэр.

4 олонхоьут – олонхотун олонхо,
Ол ого арай
Биир хоноот биирдэнэр
Икки хоноот иккилэнэр
Ус хоноот устэнэр
Омуннаахтык улааппыт.
Ол улаатан иьэн
Уол биир сарсыарда оронуттан ойон туран
Кырдал хонууга кылыйа суурэн хаалбыт.
Сулбэ далайга сетуелуу, оонньуу сылдьан
Биллибэккэ-кестубэккэ
Мэлийэн сутэн хаалбыт.



5 олонхоьут - Огонньордоох эмээхсин уолларын сутэрэн
Омун аьыыга киирбиттэр.
Хотуттан ыйыппыттар
Согурууттан кердеебуттэр.
Илдьит ыытан ирдээбиттэр.
Ол тухары уоллара кестубэтэх.
(огонньордоох оголорун кердууллэр, ытаьаллар – айманаллар)
6 олонхоьут – Биирдэ кэтэьэн- кэтэьэн
Кэлтэй буолбуттарын кэннэ
Анысхаллаах аргаа халлаан
Алын кырыытын диэкиттэн
Ат туйагын тыаьа хабыргаччы сиэлэн кэлэн
Олбуордарын иннигэр тохтуу биэрбит
Огонньордоох эмээхсин
Уолларын сураьаары ойон тахсыбыттара,
Кемус чыычаахтара бу кэлэн турар эбит.
Уоруулэригэр кемускэллэрин уута
Куогэс гына туспут.
Сыллаан – уураан барбыттар.

( Аттаах киьи Эрчимэн Бэргэн кэлэр. Огонньордоох уолларын кууьаллар, уоруу-кетуу буолар). Кыргыттар тахсаннар сахалыы хамсаныылары хамсаналлар.





7 олонхоьут – Ол кэннэ ейдеен-дьууллээн кербуттэрэ:
Уоллара ус тегул урдээбит,
Муннуктаахха дылы дарагар санныламмыт.
Кырыылаахха дылы метегер туостэммит.
Дапталга тимир танастаммыт.
Кутуу тимир хос куйахтаммыт
Кыьыл кемус кырыылаах бэргэьэлэммит.

(Боотур танастаах Эрчимэн Бэргэн куланан кердереллер. Музыканан бары тэннэ хамсаналлар)
8олонхоьут- Агалаах ийэтин аймахтарын иннигэр, уол бу курдук оностон тойук туойда:
Эрчимэн Бэргэн - Дьэ – буо!
Агыс салаалаах
Аал луук маска киирэн
Алла таммалыы турар
Арагас илгэтиттэн
Аьыы сылдьыбытым
Ол сырыттахпына
Ус халлаан урдугэр олохтоого
Урун аар тойон ыйаагынан
Кулууьунньугунэн аатырбыт
Куккуруур Беге Бухатыыр кэлэн
Ыныран илдьэн
Тогус тууннээх кун уьааран,
Елбет мэнэ уутугар
Ус куннээх туун сетуолэтэн,
Тохтубат хааннаата,
Тостубат унуохтаата!
Эрчимэн Бэргэн диэн
Эмньик кулун аттаах аат инэрэн
Орто дойду сиригэр Улуу бухатыырынан анаан ыытта!
( кыргыттар талах олоппосторун ылан ус муннуктуу тэринэн олороллор)

9 олонхоьут – Эмискэ кыырай халлаантан
Кыталык кыыл кетен кэлэн
Маннык диэн кынкынаан ыллаан барда
Кыталык – Эрчимэн Бэргэн, эн кемус чыычааххын.
Хаачылаан Куону
Абааьы уола Чуура Бухатыыр уоран ылла.
Хара таас сымыыт гынан ыйыстан кэбистэ.
Эйиэхэ Урун Аар тойон
Елбет Мэнэ уутун ыытта.
Елбуту еруьуйдун диэн илдьит ыытта!

( кыргыттар кыталык курдук ункуулууллэр, кыланаллар)
10 олонхоьут – Эрчимэн Бэргэн елбет мэнэ уутун
Хабан ылан уктан кэбистэ.
Атын быьа биэрдэ
Уонна айаннаан быыллаьыннарда.
Ол айаннаан кыыьын тэлгэьэтигэр тиийэн кэллэ.
Чункунуур Чуура Бухатыыр абааьы уола
Соготохто суодас гына тустэ
Хаьытаан хабырытта, кулэн сатарытта.

Чункунуур Чуура Бухатыыр – Ок-сиэ, нокойдоон,
ойутарын омунуон!
Аргыый эрэ нокоо!
Алгас туттаннын
Аламай куннуттэн арахсаайыккыный!
Хаачылаан куо мин кэргэним буолуо!
Уруу буолара куутуллэр.
Онон мэьэйдээмэ!
(кыргыттар абааьылар курдук агыйах хамсаныыны онороллор, ункуулууллэр)
11 олонхоьут- Дьэ сити кэннэ Эрчимэн Бэргэн
Тогус дьулайдаах Туруук таас хайага ойутан тагыста
Абааьы уола Чункунуур Чуура Бухатыыр
Дьэбиннээх ардай аьыытынан часкыйан ылла.
Сити курдук орулур отут куннээх туун охсустулар
Тырыта тыытыстылар
Чуура Бухатыыр сарылыы туьээт
Хара таас сымыыты куртагыттан хостоон ере эьэн кэбистэ
Сиргэ туьуутугэр Хаачылаан Куо буолла.
( охсуьуу музыката тыаьыыр)

12 олонхоьут- Эрчимэн Бэргэн этиэх тугэнэ
елбет Мэнэ уутунан тастарын агыныахтааата,
истэрин эмтээтэ.
Кыыс агатын Араат Мохсоголу
Урун тыынын ереьуйдэ.
(Эрчимэн Бэргэн дьонун елбет мэнэ уутунан утахтыыр)

13. олонхоьут – Кун дьоно кере кэллилэр,
Айыы дьоно айхаллаан турдулар.
Агалаах ийэтэ алгыс эттилэр.
Ийэлээх ага – Охтоохтон охтуман,
Саалаахтан самныман.
Иитэр суоьугут куруолэннин,
Теретер огогут телкеленнун!

Кырыгттар ыллыы-ыллыы , хамсана-хамсана талах олоппосторун ылан тахсаллар.


ОЛОНХОЬУТТАР: (Улахан уонна бэлэмнэнии белех оголоро)
1. Володя
2. Амелия
3. Тимур
4. Айыллаана
5. Далаана
6. Кристина
7. Намыына
8. Артем
Эрчимэн Бэргэн - Дыгын
9. Кэрэли
10. Харысхан
Чуура Бухатыыр-Николай
11. Ваня
12. Сайаара
13 ИЙЭ АГА: Володя Амелия

Учреждение: МБДОУ ЦРР-ДЕТСКИЙ САД №17 "Сардаана" Усть-Алданского улуса с. Борогонцы  Республика Саха (Якутия) 

 Название работы: Сергей Васильев Борогонскай "Эрчимэн Бэргэн" олонхоттон быьа тардыы

 Руководитель:  наталья дмитриевна рожина   наталья дмитриевна рожина

I возрастная категория – ДОУ(дети дошкольного возраста)​​​​​​​​